Уус-Алдан көрөөччүлэрэ: өтөрүнэн буолбатах чаҕылхай кэнсиэр…
Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатыра “Олоҥхо дойдутун алгыһынан” улахан кэнсиэри алтынньы 5 күнүгэр Уус-Алдан улууһун Бороҕон сэлиэнньэтигэр “Тойон Мүрү” В.В.Никифоров-Күлүмнүүр аатынан Култуура Дыбарыаһыгар көрдөрдө. Сабыс саҥа, сып-сырдык, киэн-куон дыбарыаска көрөөччүлэр тоҕуоруһа мустаннар хас биирдии нүөмэри уруйдуу-айхаллыы көрүстүлэр, ытыс тыаһынан маанылаатылар. Кэнсиэр кэнниттэн бэрт элбэх көрөөччү бэйэтин ис санаатын кытары үллэһиннэ:
Бурцева В.А.: “Боруоста бу тыйаатыр үҥкүүһүттэрэ өрө көтөн олороллор, бэрэмээнэ салгыҥҥа сылдьар курдуктар, наһаа үөһэ көтөллөр. Мин көрдөхпүнэ сиргэ тирэммэт да курдуктар, чэпчэки баҕайытык дайаллар. Көстүүмнэрэ, таҥастара оһуобайа, дьэрэкээнэ киһини сөхтөрөр. Баянист Владимир Боярскай төрүт илиитэ адьас элэҥнээн олорор. Хайдах эрэ атын баҕайытык оонньуур, виртуоз оонньооччута өтө көстөр. Хомусчут Александр Карманов эмиэ үрдүк таһымнаах уонна Дмитрий Артемьев норуот ырыатын бэрт сэргэхтик толордо. Уопсайынан, бу үҥкүүһүт оҕолор кынаттаах курдук чэпчэкитик дайан үҥкүүлүүллэрин кэрэхсии көрөн, баян дьүрүһүйэр тыаһыгар бүтүннүү ис иһигэр киирэн тэҥҥэ уйдарбыппыттан, наҕыл холку куолаһынан ыллыыр эдэр оҕону александр Кармановы истэн астынан, бу кэнсиэри баран көрөн кэлбиппиттэн астынабын, дуоһуйабын уонна үөрэбин”.
Фёдорова Т.Д.: “ Учуутал күнүгэр учууталбын наһаа үчүгэй кэнсиэркэ ыҥыраммын сырытыннардым. Артыыстарга барыларыгар барҕа махтал”.
Прибылых С.П.: «Наһаа үчүгэй кэнсиэри көрөн дуоһуйа-астына сылдьабын. Наһаа талааннаах, наһаа үчүгэй оҕолор. Көстүүмнэрэ бу аллаах үчүгэйиэн! Үҥкүүһүттэр наһаа кэрэлэр, мин наар кинилэр атахтарын көрөн таҕыстым. Бу айылаах чэпчэкитик туттан үҥкүүлүүллэрин! Үҥкүүһүт оҕолору көрөр отой атын баҕайы эбит. Наһаа дуоһуйдум, наһаа астынным. Боруоста киинэ көрбүт курдук сананным. Байыаннай үҥкүүнү үҥкүүлүүлэригэр, холобур, “В бой идут одни старики” дьоруойдарыгар маарыннаттым. Онтон Владимир Боярскай баяҥҥа оонньообутугар туох да кыһалҕата суох оҕо сааспын, Сэбиэскэй Сойуус кэмигэр кыратык быстах түһэн ыллым. Аттар үҥкүүлэригэр истиэп устун үөр аттар сүүрэн иһэллэрин илэ харахпынан көрбүт курдук буоллум. Аны буоллаҕына “Хотой үҥкүүтүгэр” бэйэм хотой буолан үрдүктэн үрдүккэ халлааҥҥа көтөн таҕыстым. Олоҥхоһут Дмитрий Артемьев наһаа таһымнаах”.
Ильина А.И. – “Тойон Мүрү” Култуура дыбарыаһын дириэктэрэ: “Бэҕэһээ олохтоохтор олус үчүгэй үрдүк таһымнаах кэнсиэри астына көрдүбүт. Чугас нэһилиэктэртэн кытары кэлэн көрдүлэр. Артыыстарга барыларыгар улахан махтал”.
Парников В.С. – “Кэнчээри” бөлөх төрүттээччитэ уонна салайааччыта: “Бэҕэһээ киэһэ Бороҕоҥҥо Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан тыйаатыр кэлэн дьоро киэһэни, Үҥкүү үрдүк ускуустубатын, кыл кырыымпаттан саҕалаан, виртуоз баянист Владимир Боярскай уустук вариациялары, Дмитрий Артемьев сахалыы ырыата уонна олоҥхотугар тиийэ хатыламмат дьикти кэнсиэри көрдөрөн дохсун ытыс тыаһынан биһирэнэн бардылар. “Кэнчээри” ансаамбыл оҕолорун, нэһилиэнньэни кытта үйэҕэ хаалар хаартыскаҕа түсүһэн оҕолорого кэрэ түгэни бэлэхтээтилэр. “Кэнчээри” толоруутугар Семен Данилов, Аркадий Алексеев мелодиятыгар “Саха үҥкүүтэ” ырыабытын биэрэргитигэр!”.
Бурцева С.С.: “Учуутал күнүгэр бэлэх оҥостон олус үчүгэй сахалыы тыыннаах кэнсиэри көрөн бары наһаа астынныбыт, дуоһуйа сынньанныбыт. Үҥкүү кэрэ алыбар ылларан 2 чаас ааспытын билбэтибит, өссө да көрө олоруох курдукпут. Сахабыт сирин биир киэн туттар артыыһа Дмитрий Артемьев сырдыгынан сыдьаайар кырдьык да айылҕаттан ананан кэлбит артыыспыт талааныгар сүгүрүйэбит. Кырыымпа лынкыныыр тыаһын эт кулгаахпытынан истэн сэҥээрдибит. Владимир Боярскай баянын тыаһынан эдэр сааспытын эргиттибит. Суол куһаҕанын аахсыбакка, тыа дьонугар өтөрүнэн буолбатах кэнсиэри бэлэхтээбиккитигэр барҕа махталбытын тиэрдэбит”.
Дьэ, ити кудук Уус-Алдан улууһун киинигэр Бороҕоҥҥо Сергей Зверев-Кыыл Уола “Олоҥхо дойдутун алгыһынан” улахан кэнсиэрэ дэгэйэр үҥкүү, ыллам ырыа, дьүрүскэннээх хомус, кыл кырыымпа уонна баян муусуката олохтоох көрөөччүлэри улаханнык сөхтөрдө, үгүс элбэх махтал тылларын ылыан ылла. Күндү көрөөччүлэрбитигэр болҕомтоҕут иһин улахан махтал аныыбыт. Аныгы көрсүөххэ дылы! Баҕарабыт чэгиэн туругу, ситиһиилэри, үгүс үтүөнү уонна кэрэни!
Сообщение Өтөрүнэн буолбатах чаҕылхай кэнсиэр буолан ааста появились сначала на SAKHALIFE.