Добавить новость

Полёт в невесомости: Как работает в Москве крупнейший центр ментального здоровья

«Почта России» выставила на торги офисы и склады из-за убытков

Эксперт: В Москве качественные продукты питания на любой вкус и кошелек

Подушка для сна: как выбрать ее правильно



Новости сегодня

Новости от TheMoneytizer

«Эн биһикки ырыабыт мээнэ буолбатах, барыта эмтээх», — диэбитэ

Мин Владимир Алексеевичка сөбүлүү көрбүтүм диэн, кини бэйэтэ музыкальнай грамотаны үөрэппит, уруккуттан «Школа игры на баяне» диэн самоучителинэн баяҥҥа оонньуу үөрэммит этэ. Итинник элбэх дьон Советскай Союз кэмигэр араас музыкальнай инструменнарга оонньуу үөрэнэллэрэ. Билигин Советскай Союзка музыка үчүгэйдик тарҕамматаҕа диэн кэпсэл сыыһа. Советскай Союз баар буолан, музыка оскуолалара баар буоланнар, биһиги үөрэнэн, үлэлээн кэллибит. 1920 сылларга «музыка для народа» диэн ылыллан, музыкальнай оскуолалар тэриллэн, элбэх киһи үөрэнэн, Аан дойду таһымыгар тахсан тарҕаннылар.

Владимир Алексеевич бэйэтэ баяҥҥа доҕуһуоллаан, ыллаан кэлбит эбит этэ. Биһигини Владимир Прокопьевич Павлов билиһиннэрбитэ. Уруккуттан фестивалларга сылдьар, кыттар буолан, мин оонньуурбун, фестивалларга миэстэлэспиппин билэр эбит этэ. 1972 сыллаахха Үөһээ Бүлүүлэр фестивалга бастакы миэстэни ылан турабыт. Саха театрын норуодунай оркестрын кытта тиийэн, музыкабын оонньотон, баяҥҥа оонньообуппун сэҥээрэн истибит этэ. Кини наһаа үчүгэйдик ыллыыр, куолаһа бас профундо этэ, дьиҥнээх бас, онтон өссө намыһахтык ыллыыр. Дьиҥнээх си бемоль субконтроктава ыллыыр киһи этэ. Пианино саамай бүтэһик намыһах дорҕооно, ити кэннэ киһи тутула барыта ыһыллар тыаһа кэлэр. Аан дойдуга оннук ыллыыр киһи суох буолуо. Ону кини биир октаваны үрдэтэн, российскай (?) диапазоҥҥа сөп түбэһиннэрэн, ыллыы сатыыра. Тыас барыта үчүгэй буолбатах, тыас араастардаах. Онон ис-иһигэр киирдэххэ, уустуктардаах.

Кини миигин, 20-чэ сыл баяҥҥа оонньообокко сылдьыбыт киһини оонньотон, үчүгэйдик оонньуур буолбутум. Онон киниэхэ махтанабын. Хаста да Опера уонна балет театрыгар, Саха театрыгар ыллаабыппыт. Записьтарга элбэх бириэмэ барбыта. Иккилии-үстүү чаас барар этэ. Ырыалары уһултарыы мээнэ буолбатах. Миэхэ ону дьоҥҥо тиэрдээр диэн, бэйэтэ эппитэ. Киһи дорҕоонунан эмиэ эмтиир. Владимир Алексеевич мээнэҕэ эппэтэҕэ: «Эн биһикки ырыабыт мээнэ буолбатах, барыта эмтээх», — диэн. Кини ырыатын иһиттэххэ, киһи долгуйар, киһи туох баар этэ-хаана барыта уһуктар, сүүрээнэ биллэр.

Саамай сүдү үлэтэ — «Аар Тойоҥҥо алгыс» опера. Владимир Алексеевич «Санаа уонна тыл кистэлэҥ күүстэрэ» кинигэтигэр «Аар Айыылартан көрдөһүү» поэматын ааҕан бараммын эттим: «Владимир Алексеевич, биир көрдөһүүлээхпин. Ити поэмаҕар опера суруйуохпун баҕардым. Наһаа интэриэһинэй буолуо, итэҕэлгэ сөп буолуо», — диэн. Киһим толкуйдуу түһэн баран: «Чэ, миэхэ толкуйдат, биир нэдиэлэ», — диэтэ. Биир нэдиэлэ буолан баран: «Хайыыбыт?», — диэтим. Сөбүлэстэ. «Оччоҕо миэхэ либреттота суруйан кул», — диэтим. Туох баар поэма тылыгар суруйар кыаҕым суох, уһун баҕайы буолуо. Музыкаҕа түһэрэргэ 4-түү, 6-лыы строкалаах буолуохтаах, онтон ордук көҥүллэммэт диэн этэ сатаатым. Киһим 18 дуу 20 дуу строкалаах «Аар Тойоҥҥо алгыс» либреттотын биэрбитэ. Мин суруйа сатаан-сатаан бараммын, бүтэһиккэ эттим: «Владимир Алексеевич, бырастыы гын, аҥаарын суох оҥоруом, Хайдах да сатаан сөп түбэспэт», — диэн. Үс төгүл биһиги тиэкиспитин уларытан турабыт. Аар Тойон, Күн Күбэй арияларын, үксүлэрин да аччаппытым. Дьэ, онно эппитэ: «Эн наһалаатыҥ, туох баар үчүгэй тылбын барытын суох оҥордуҥ. Бу хайдах буолбут киһигиний, до? Киһи поэматын алдьаттыҥ буолбат дуо?». «Тоҕо алдьаныай? Бэйэтэ бэйэтигэр сөп түбэһиэҕэ. Киһи барыта өйдүө. Тыл барыта иччилээх уонна оттон 3 чаастаах операны ким тулуйан истиэн баҕарыай?», — диэн сөпсөстүбүт. Саамай кылаабынайа, Үрүҥ Аар Тойон, Күн Күбэй Хотун арияларын суруйтаабытым, атын Аар Айыыларга дуэт, квартет суруйан, бастакы чааһы бүтэрбитим. Иккис чаас саамай ыарахана, саамай күүстээҕэ. Бу саха норуота аны Аар Тойоҥҥо, Аар Айыыларга алҕаан көрдөһөр. Ханна да суох хордары суруйталаабытым. Хору мээнэ боростуой христианскай каноннартан отой атыннык суруйбутум. Г.В. Ксенофонтов «Шаманизм» диэн кинигэтигэр этэн, суруйан турардаах, саха норуота былыр-былыргыттан хордаах диэн. Баара-суоҕа, биир этии курдук. Ааҕан баран, хайдах-хайдаҕый, кырдьык да, саха норуота хордаах буолуохтаах. Гавриил Васильевич улахан билиилээх бөлүһүөк, чинчийээччи баар буолан, суруйдаҕа дии.

Хор суруйарга, аны хайдах суруйабын диэн буолла. Биһиги тойукпут 3 нота иһигэр… Опера суруллан бүппүтүгэр аан бастаан ытыктыыр баспыт Владимир Прокопьевич Павлов Үрүҥ Аар Тойон ариятын толорбута, кини күүстээх куолаһа чахчы киһини абылыыр, онно дьиҥнээх Үрүҥ Аар Тойон көстүбүтэ. Владимир Прокопьевичка махтал!

Бу опера сүрдээх ыараханнык барбыта. Тоҕо диэтэххэ, сахаҕа хаһан да маннык опера суруллубатаҕа. Суруйбуттара да, улахан сценаҕа таһаарбатахтара. Аҕыйах ахсааннаах омук быһыытынан биллэр Саха сиригэр Россияҕа аан бастаан духуобунай опера «Аар Тойоҥҥо алгыс» суруллан турар. Владимир Алексеевичтыын хаста да туруорсубуппут үрдүнэн бэйэтэ суох буолбутун кэннэ биирдэ туруоруллубута. Баарыгар туруорса сатаабыппыт табыллыбатаҕа. Театр директордара уларыйа турара, сөп түбэспэтэхтэрэ. Политика да буолуо, итэҕэл туһунан санаа да суох быһыылааҕа. Утарсыы, охсуһуу да баара буолуо. Бастакы премьерата 2011 сылга буолбута, бүппүтэ уонча сыл буолан баран. Ол гынан баран махтанабын, бу Опера театрын курдук күүстээх, биллэр-көстөр элбэх артистардаах улахан театр атын республикаларга суох. Онон киэн туттабын. Симфоническай оркестр сүрдээх күүстээх, улахан консерваторияны бүтэрбит элбэх специалистар оонньообуттара. Элбэх киһи кыттыбыта, 60 киһилээх хор, улахан симфоническай оркестр, уонтан тахса ааттаах-суоллаах солистар.

Владимир Алексеевич бэйэтэ кэпсиир этэ. Оҕо эрдэҕиттэн Сэмэн Уус иитэн-такайан, итэҕэл билиитэ киниэхэ тиксибитин. Айылҕа тыаһын истэн, алтыһан, таптаан улааппытын. Сүрдээх күүстээх, сыалай октаваттан тахсар киэҥ баҕайы диапазоннаах куоластаах. Ыраах баҕайыттан дуорайан, хор курдук иһиллэрэ. Туох да элбэх ырыаларын оонньообутум. Бастаан этэр этэ: «Туох ааттаах элбэх дорҕоонноох оонньуугун? Туох ааттаах киһи кулгааҕа кыайан истибэт курдук. Мелодиятын оонньоо», — диирэ. «Композитор ааттаах киһи аҥаардас мелодиятын оонньоотохпуна күлүү гыныахтара. Бу үөрэҕэ суох киһи оонньуу олорор диэхтэрэ, кэбис», — диэбитим. Ис-иһигэр киирэммин, мелодия иһигэр гармония оҥорон кэҥэтэн, тембрэ сөп түбэһэр гына оонньуурум. Соторутааҕыта радиоҕа «Аар тайҕам» диэн ырыатын истэн, дьэ, кырдьык, симфоническай оркестр курдук тыаһыыр эбит. Сөҕөбүн, хайдах устубуттара буолуой диэммин. Бэйэтэ кэлин эппитэ: «Дьэ, Володя, наһаа үчүгэйдик оонньообут эбиккин. Кэлин хайдах эрэ күнү быһа истэр буолан хааллым. Хайдах эрэ ис-испиттэн хайдах маннык ыллаабытым буолуой диэммин». Бүтэһик киэһэбитигэр 6-7 ырыаны ыллаабыппыт, сылайбыта, сынньана, утуйа барбыта. Онтон араҕыстахпыт дии. Саамай элбэхтик алтыспыт киһи олоробун. Киэн туттабын кини курдук элэккэй, үтүө санаалаах, киһиэхэ үтүөнү эрэ баҕарар майгылаах киһини билэрбинэн. Үс чаастаах симфониябын үс төгүл истибитэ. «Аны хаһан маннык симфония истиэмий», — диэн ис-иһиттэн улаханнык астынан истэр этэ. Симфоническай оркестрга хайдах ханнык инструмент оонньуурун барытын үөрэппитим, ону кини үчүгэйдик өйдөөбүтэ. Музыканы үчүгэйдик истэр, гармонияны билэр буолан, кыттан, үчүгэйдик үөрэммитэ. Владимир Алексеевиһы ахта-саныы кэлбиккитигэр махтанабын.

Владимир Васильевич КСЕНОФОНТОВ Россия уонна СӨ Композитордарын союһун чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх деятэлэ, СӨ В.А. Босиков аатынан Музыка үрдүкү оскуолатын доцена, СӨ В.А.Кондаков аатынан Норуот эмчиттэрин ассоциациятын бочуоттаах чилиэнэ

«Суолдьут Сулус», стр. 108-111  

14.11.2024 сыл

Суолдьут сулус

Улуу Үрдүкү Үөрэтээччи

Сообщение «Эн биһикки ырыабыт мээнэ буолбатах, барыта эмтээх», — диэбитэ появились сначала на SAKHALIFE.

Читайте на 123ru.net


Новости 24/7 DirectAdvert - доход для вашего сайта



Частные объявления в Вашем городе, в Вашем регионе и в России



Smi24.net — ежеминутные новости с ежедневным архивом. Только у нас — все главные новости дня без политической цензуры. "123 Новости" — абсолютно все точки зрения, трезвая аналитика, цивилизованные споры и обсуждения без взаимных обвинений и оскорблений. Помните, что не у всех точка зрения совпадает с Вашей. Уважайте мнение других, даже если Вы отстаиваете свой взгляд и свою позицию. Smi24.net — облегчённая версия старейшего обозревателя новостей 123ru.net. Мы не навязываем Вам своё видение, мы даём Вам срез событий дня без цензуры и без купюр. Новости, какие они есть —онлайн с поминутным архивом по всем городам и регионам России, Украины, Белоруссии и Абхазии. Smi24.net — живые новости в живом эфире! Быстрый поиск от Smi24.net — это не только возможность первым узнать, но и преимущество сообщить срочные новости мгновенно на любом языке мира и быть услышанным тут же. В любую минуту Вы можете добавить свою новость - здесь.




Новости от наших партнёров в Вашем городе

Ria.city

“Меня не устраивают эти русские бесконечно тусующиеся рожи”, – София Ротару показала истинное отношение к российской публике

Поваленные деревья, оборванные провода: последствия урагана разбирают спасатели и энергетики

Оппозиция в Молдове не признает результаты президентских выборов и референдума

Циклон "Каэтано" обрушится на Московский регион в субботу

Музыкальные новости

В Чехове сотрудники Росгвардии задержали подозреваемого в незаконном обороте наркотиков в крупном размере

ФРТ до конца года выставит на торги земельных участков совокупной площадью более 70 га

«Райтек ДТГ» вошел в Рейтинг работодателей РБК 2024

Путин сообщил об ударах западными ракетами по объектам под Брянском и Курском

Новости России

Аномальная жара вернется в декабре: синоптики рассказали о сюрпризах, которые готовит зима 2024

Банк оштрафовали за звонки якутянину из-за чужого долга по кредиту

Остров с особняком в Швеции продают по цене двушки в Москве

Александр Подголов принял участие во Всероссийской конференции о русских старожилах арктической территории республики

Экология в России и мире

Что такое иней и как он образуется

Героическое участие армян в СВО. Часть восьмая

«Микробиотики микст» с антоцианами удостоены золотой медали на Международном Конкурсе качества

СЛД «Москва-Сортировочная» внепланово оказала ТО-5Д новому электровозу ЭП2К№500

Спорт в России и мире

Касаткина остаётся в топ-10 рейтинга WTA, Шнайдер и Калинская сохранили позиции

Калинская и Шнайдер претендуют на премию WTA в номинации «Прогресс года»

Арина Соболенко отреагировала на уход Рафаэля Надаля из тенниса

Кубок Билли Джин Кинг. 1/2 финала. Польша проигрывает Италии, Великобритания поборется со Словакией

Moscow.media

Каршеринг BelkaCar стал лауреатом премии «Выбор потребителей»

Госдума приняла обращение к кабмину по мигрантам. В образовании и здравоохранении – им не место

Заместитель управляющего Отделением Фонда пенсионного и социального страхования Российской Федерации по г. Москве и Московской области Алексей Путин: «Клиентоцентричность - наш приоритет»

Портативный ТСД корпоративного класса Saotron RT-T70











Топ новостей на этот час

Rss.plus






Экскурсии по достопримечательностям Лобни провели для школьников округа

Московская полиция задержала похитителя картины «Счастье любит тишину»

Эксперт: В Москве качественные продукты питания на любой вкус и кошелек

«Могу еще и “Шмеля”». В эфире «Шоу Воли» Юрий Стоянов рассказал о том, как заставил Никиту Михалкова петь по телефону