Саха сирин Киин толоруулаах кэмитиэтин 1930 сыл тохсунньу 9 күнүнээҕи 2-с сессиятыгар Уус Алдан оройуонун тэрийэр туһунан уураах тахсыбыта. Дүпсүн улууһун Баатаҕай, Найахы, Өнөр, I Өспөх, II Өспөх, Тэбиик, Чэриктэй, Түүлээх нэһилиэктэрин, Бороҕон улууһун I Бэрт Ууһун, Бээрийэ, I Курбуһах, II Курбуһах, I Лөгөй, II Лөгөй, I Өлтөх, II Өлтөх, I Суотту, II Суотту, Сыҥаах, Хоро, Саһылыкаан нэһилиэктэрин, Байаҕантай улууһун I Байаҕантай, II Байаҕантай, Танда, Хара Алдан (III Байаҕантай) нэһилиэктэрин, ону таһынан Мэҥэ улууһун Бахсы, Нам улууһун Арбын уонна Көбөкөн нэһилиэктэрин холбообуттара.
Сообщение Бүгүн улууспут төрөөбүт күнэ появились сначала на Сетевое издание SAKHALIFE.RU.