Саҥа дьыл аптаах күлүмэ…
Саҥа дьыл чугаһаатаҕын аайы кини аптаах эйгэтигэр итэҕэйэрим күүһүрэн иһэр. Саҥа дьыл аптаах эйгэтигэр куустарбыт биһиги дьиэ кэргэммит олох устун айана Санкт-Петербург куорат Дворцовай болуоссатыттан саҕаламмыта.
Москватааҕы хайа институтун үһүс кууруһун устудьуоннара 2015 сылы көрсөөрү бэлэмнэнэ аҕай сылдьабыт. Дьүөгэлии кыргыттар бэһиэн тутуспутунан Санкт — Петербург куоракка көрсүөхпүт диэн болдьостубут, буойаһынан барар-кэлэр билиэппитин барытын ылан, хонор-өрүүр хостелбытын бронируйдаан ох курдук оҥостубуппут. Зачеттарбытын туттарыы, экзаменнарга бэлэмнэнии, ол быыһыгар «Айтал» саха устудьуоннарын холбоһугун бырааһынньыгар кыттабыт, ыллыыбыт, вальстыыбыт.
Бириэмэ элэстэнэн ааһа оҕуста, ахсынньы бүтэһик күннэрэ ыган кэллилэр, барар күммүт бу тиийэн кэллэ. Арай кыргыттарым былааннара уларыйан турда! Күннэйдээх Майя билиэт булан, Дьокуускайдыыр буоллулар. Стешаны, аймахтара ыҥыраннар, онно барар буолла. Сардаана доҕордоһор уола кэлэн, Саҥа дьылы Москваҕа көрсө хаалар буолла. Барыларын көрдөһөн көрдүм, атын кыргыттарбыттан ыйыталастым, ким да миигин кытта барсыах айылаах суох буолла. Ыксаатым аҕай, бачча күүтэн-кэтэһэн баран, Питербэр хайдах соҕотох барыахпыный?! Саҥа дьылы ханна көрсөрүм да биллибэт буолла, хомойоммун харахпыттан уу-хаар бастым. Ийэбин кытта телефонунан кэпсэттим, долгуйбуппун кыатана сатыы-сатыы: “Питергэ син-биир барабын, соҕотоҕун да буоллун”,- диэтим. Ийэм дэлби соһуйда: “Аата муодатын, хайдах ол улахан куоракка соҕотох сылдьаҕын? Ама да барар баҕа баарын иһин!” .
Мин тоҕо эрэ барарга кытаанахтык быһаарынным. Биир эмит билэр дьоммун көрсүөм, аата былыргы үйэҕэ дылы куттаннахпыный дии санаатым. Туох эрэ биллибэт күүс миигин онно тардар курдук.
Уонна дьэ, ахсынньы 30 күнүгэр буойаска олорон баҕалаах Питербэр айаннаатым! Суол биллибэккэ ааста, сылаам киирэн утуйан ыллым эҥин, киинэ көрдүм. Петр 1 куората, араас уоттарынан күлүмүрдээн, миигин абылыы сымнаҕас хаарынан көрүстэ.
Сана дьыл күнэ, ахсынньы 31 күнэ үүннэ… Аан дойду, киһи барыта сүүрүү-көтүү, бырааһынньыктаары остуол тэринии, таҥас-сап бэринии буоллахтара дии! Мин суос- соҕотоҕун гостиницам рестораныгар түһэн аһаатым уонна Сахам сирин Саҥа дьылын көрсө, маннааҕынан киэһэ 6 чааска, Дворцовай болуоссакка барарга сананным. Сахалар баар буолуохтаахтар, билэр оҕолорбун көрсүөм, аата, соҕотох олоруом дуо дии санаатым. Тоҕо эрэ туохтан эрэ үөрэр курдукпун, холкубун. Тиийбитим, ырыа-тойук, үҥкүү-битии, кэнсиэр бөҕө эбит. Хата, оҕо сылдьан Чөркөөххө бииргэ үөрэммит кыыһым Вика Герасимова телефоннаан, Питергэ баарбын, көрсүөхпүт диэтэ. Дэлби тоҥнум, дьон быыһынан киирэммин итии чэй ыллым уонна кытыы диэки тахсаммын чэйбин иһэ турдум. Араай, тугум эрэ тиийбэт курдук, сиэппин туттан көрбүтүм- телефонум суох! Телефоммун кытары карточкам эҥин барыта мэлигир! Эс! Субу тутан туран ханна түһэрэн кэбиһиэхпиний? диэммин дьон атаҕын аннын көрүөлээтим. Москваҕа үөрэххэ киирбиппэр сабыс-саҥа айфону дьонум бэлэхтээбиттэрэ, алгыс тылы эппиттэрэ харахпар барыта бу көстөн кэллэ… Ыксаатым, ыгылыйдым, көлөһүнүм сарт гына түстэ, сирэйим кып-кыһыл буолла быһыылаах! Төттөрү – таары сүүрэкэлээтим, дьонтон ыйытан көрдүм, чэй ылбыт сирбитттэн сүүрэн тиийэн ыйыттым- туох да суох! Аата, бачча бырааһынньыкка суос-соҕотохпун, саатар телефоммун, буолаары буолан дьонум бэлэхтэрин, сүтэрэн кэбистим, хараҕым уутуттан барыта туман курдук буолла, тыыным хаайтараары гынна… Оннук аймана турдахпына, наһаа холку уол куолаһа үөһэттэн: «Кыысчаан, тугу сүтэрдиҥ?» диэбитин иһиттим уонна кыһыыбыттан, эбиитин ким эрэ аһыммытыттан, ытаан тоҕу бардым!
Хата, уолум холку баҕайы, мичээрдиир уонна илиитигэр тугу эрэ тутан турарын көрдөрөр. Өйдөөн көрбүтүм – мин телефонум эбит! Көрбүппүн итэҕэйбэтим, илиибэр тутан баран, биирдэ итэҕэйдим. Аата үөрдэхпиин, атаҕым сири билбэт буолла! Хайдах гынан махтаныахпын билбэккэ мух-мах буоллум.
Стас хааман иһэн хаарга телефон сытарын булан ылбыт уонна ким сүтэрдэҕэй диэн тулатын көрбүт. Арай биир кип-киэҥ арылыччы көрбүт саха кыыһа саҥата суох ытыы турар эбит. Кини сүтэрбит быһыылаах диэн оргууй чугаһаан кэлбит.
Дьэ, итинник Сана дьыл алыптаах күнүгэр кэргэмминээн Станиславтыын билсибиппит. Кини Санкт-Петербурдааҕы атыы-эргиэн университетын 4 –с кууруһугар үөрэнэрэ. Кинини кытары көрсүһүннэрээри дьылҕам миигин айаннаа диэбит эбит. Арай онно соҕотохпун диэммин ханна да барбатах буолуум? Стаспынаан көрсүөхпүт этэ дуо? Питер-тапталы бэлэхтээбит, таптал уотун күөдьүппүт биһиги куораппыт!
Мин үөрэхпин бүтэрэрбэр Саҥа дьылы Дубайга көрсүбүппүт. Бурдж Халиф башнятын анныгар Стас миэхэ наһаа романтичнайдык ыал буолуохха диэбитэ. Онон Саҥа дьыл биһиги дьиэ кэргэммитигэр ураты суолталаах, олохпутун түстээбит дьоро күн.
Билигин бу кэпсээни Таилантан суруйабын. Тапталлаах кэргэним, күҥҥэ көрбүт мааны кыыспыт Алия уонна Стас дьонун кытары кэтэһиилээх уоппускабытыгар сынньана, муораҕа сөтүөлүү сылдьабыт. Кэпсээммин болҕомтоҕо ылан аахпыт бар дьоммор бары үчүгэйи баҕарабын! Таптал уотунан күлүмүрдүүр Саҥа дьыл аптаах суһума дьолу түстүүрүн өссө төгүл итэҕэйиэххэйин!
Сообщение Новогодние истории: Эбиитин ким эрэ аһыммытыттан, ытаан тоҕу бардым! появились сначала на SAKHALIFE.